⠀
⠀
2022 сыл cэтинньи 22-24 күннэригэр Нам улууһугар уонна Дьокуускай куоракка саха тылын, литературатын уонна култууратын учууталларын иккис өрөспүүбүлүкэтээҕи сийиэһэ буолан ааста. Покровскай кэлиэс аатыттан кыттыыны ылла — Карина Дмитриевна, саха тылын учуутала.⠀
⠀
Карина Дмитриевна буолбут сийиэс туһунан бэйэтин санаатын кэпсээтэ: ⠀
«Билигин төрөөбүт тылы билии таһыма араас: ким эрэ чиҥ билиилээх, төрөөбүт тылын сөптөөхтүк туттар, тылын-өһүн сайыннарарга дьулуһар, ким эрэ кэпсэтии тылын билэр, сорох төрүт да билбэт, улахаҥҥа уурбат. Ону тэҥэ саха тылын үөрэтиигэ учебник, үөрэх пособиета ордук тиийэрэ буоллар үөрэтэргэ бэрт судургу буолуо этэ дии саныыбын. Саха тылын, литературатын уонна култууратын учууталларын 2с өрөспүүбүлүкэтээҕи сийиэһин сыала-соруга диэн Саха Өрөспүүбүлүкэбитигэр саха тылын уонна литературатын сайыннарыы, үөрэххэ, күннээҕи олоххо, профессиональнай идэ эйгэтигэр төрөөбүт тылы таба туттуу, оҕону, устудьуону төрөөбүт төрүт тылын ис сүрэхтэн ытыктыырга үөрэтии буолар. Онон орто анал үөрэх ситимигэр саха тылын үөрэтии идэҕэ туһаайыылаах буолуохтаах, орто үөрэх кыһатыгар саха тылын программата тупсарыллан, чочуллан, үөрэх бары тэрилтэтигэр биир буоларын курдук ситиһиини киллэриэхтэрэ диэн эрэнэ саныыбын. Тыл кэскилэ, тыл сайдыыта, үйэлэри уҥуордуур күүһэ, кыаҕа бука барыбытыттан тутулуктаах дии саныыбын».