«Эскэтун киhи бэйэтин иитиммэт буолла5ына,
ким да кинин сатаан ииппэт»
В.А.Сухомлинскай
Билигин киhи бэйэтин иитиниитэ улахан суолталанна. Хас биирдии киhи хайдах сэпкэ олорор туhунан бэйэтэ санаалаах буолуохтаах, бэйэтин суолун-ииhин булунан иhиэхтээх, бэйэтин салайыныытыгар сYрYн соруктаах буолуохтаах, оло5ор тугу эмэ ситиhиэхтээх. Билинни кэмнэ киhини иитиигэ элбэх туhаайыы баара биллэр. Сорох туhаайыы киhи кууhун сайыннарар, сорох- киhи эйун эрчийэр, сорох-сатабылга уэрэтэр.
Покровскайдаа5ы бизнес-технология колледжын (директор Ю.В.Шадрин) уопсайа быйыл иккис кыhынын кыстаан олорор. Урукку ойуур хаhаайыстыбатын быра5ыллан турбут икки этээстээх дьиэтин уларыта тутан, оностон 50 миэстэлээх,кухнялаах, спортивнай-актовай заллаах, душевойдаах, ичигэс туалеттаах уонна бэйэтэ автономнай котельнайдаах, бары эттунэн олорорго-уэрэнэргэ табыгастаах усулуобуйалаах уопсай буолар. Манна олорор о5олор сахабыт сирин бары кэриэтэ улуустарыттан кэлэн уэрэнэллэр, угустэрэ колледж уонна уопсай оло5ор активнайдык кытталлар. Уопсайбытыгар быйылгы уэрэх дьылыгар киирэн баран о5олор спордунан дьарыктаналларыгар уонна доруобуйаларын кэрунэллэригэр анаан араас спортивнай тренажердары ол иhигэр пресс хачайдыыр скамейкалары, беговой дорожканы, шагомер о.д.а. инвентардары колледж салалтата бэлэхтээтэ. Маннык усулуобуйалаах уопсайбытыгар араас тэрээhиннэри кэмиттэн кэмигэр ыытарга дьулуhабыт. Остуол тенниhигэр, сахалыы остуол онньууларыгар хаамыска5а хабылыкка, хаарга футболлааhынна, спорт кэруннэригэр нормативтары тутууга уонна олорор хостору, фойены кэ5эрдуугэ, ыраастык олорууга, бэрээдэккэ, уэрэххэ о.д.а. хосторунан комплекснай спартакиада биллэрбиппит. Бу уопсайга олорор о5олор бары спорт нэнуэ бэйэлэрин иитиниилэрин сэпкэ са5алаан инникитин сатабыллара, майгылара, дьо5урдара эссэ сайдан тупсан иhиэ5эр саарбахтаабаппын. «Саамай ыарахан – киhи бэйэтин бэйэтэ баhылааhына», — диир саха биллиилэх педагога К.С.Чиряев. О5олорго этэбин «олоххо сыаллаах-соруктаах буолун, санаа5ытын, кыhал5а5ытын этэ-санара уэрэнин, утуэну, урдугу арыйын, оччо5о эhигиттэн араас дьо5урдар, талааннар кэстэн тахсыахтара». Быйылгы дьылга дьиэттэн – уоттан, тэрэппут хара5ын далыттан сана тахса сылдьар о5олорбутугар бэсиэдэлэри, кэпсэтиилэри ыыттыбыт. Онно ыччакка психологическай кэмэну онорор киинтэн Василий Егорович Дьячковскай хас да тэгул кэлэн бэсиэдэ, тренинг уонна ыытыллаары турар быыбарга анаан агитационнай улэни ыыппыта. Маны таhынан Ханалас улууhун эндовенеролог бырааhа Светлана Егоровна Егорова уонна полиция майора старшай участковай Роберт Георгиевич Винокуров бэйэлэрин хайысхаларынан презентациялаах бэсиэдэлэри онорбуттара. Бу тэрийэр ыытар улэлэрбитин суруннэhэллэр эр сыл улэлээбит Виктория Ильинична Сергеева, Ульяна Гаврильевна Кондратьева уонна Татьяна Николаевна Прохорова.
Саас чугаhаан, кун уhаан эрэрэ хайа киhи санаатын кэтэхпэт буолуой? Ол сиэринэн сааскы улэлэрбитин былаанныыбыт. Таhырдьа сибиэhэй салгынна улэлииртэн ордук учугэй суох. Мал-сал уурар ыскылаат тутуохтаахпыт, теплица оностуохтаахпыт уонна территориябытыгар волейболлуур, футболлуур площадка, сахалыы атах оонньууларыгар ыстанар сир, эдэр ыччаттар сквердэрин уонна мас олордуутун, сибэкки ууннэриитин былаанныыбыт. Былаан элбэх, ону сэргэ кэккэ проблемалар эмиэ бааллар. Ол курдук уопсайбыт миэстэтэ а5ыйах. Уопсайга олоруон ба5алаах о5о элбэх. Уопсайбыт территориятыгар киирэр суоллары оноруу, эбии таас кутуу, территориябытын кэрдиллибит мастан ыраастааhын улэлэрэ бааллар манна уп-харчы, техника наада. Тумуктээн эттэххэ, о5олорбут олорор уопсайдарыттан силис-мутук тардыhан, силигилээн сайдан, чэл оло5у тутуhан, сана аартыкка тахсалларыгар ба5арабын.
Уопсай сэбиэдиссэйэ И.А.Уйгуров